Литературная Якутия


 
14.11.2016
 

Бүгүн улуу поэт, драматург, Анемподист Иванович Софронов-Алампа төрөөбүт күнэ

Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр,
Маҥан туллук эрэ далластыыр,
Ыраастыыра эрэ мөлбөрдүүр,
Доҕойумалыыр эрэ доҕоруом!
Ылбаҕайдыыр эрэ чыычааҕыам,
Туллуктуур эрэ доҕоруом,
Туохха баҕас эрэ туора көрөн,
Туоххаһыйар эрэ буоллуҥ дуо!?
Туналыйар эрэ ньуурдааҕыам,
Туттаҕардыыр эрэ бэйэлээҕиэм,
Кыталыктыыр эрэ кыылларга
Кытарахтыы эрэ саныыбын!
Күлүмүрдэс эрэ дьүһүҥҥүн,
Күлүмнээн эрэ көрөргүн
Күннээҕэр эрэ күндүтүк
Көрөбүн эрэ, көмүһүөм!
Томтоҕоркоон эрэ түөстэргин
Толорутук эрэ кутуллубут
Чороонноох эрэ кымыска
Доҕуйабын эрэ, доҕоруом!
Сайаҕастай эрэ санааҕын
Санаабынан эрэ салгытар
Санаакыйам эрэ суохуйа,
Саргылаах эрэ саһарҕаам!