«Өбүгэм омоон суолунан» Нарыйа Элясова кинигэтэ таҕыста
Ыам ыйын 19 күнүгэр Кэбээйи Мукучутугар «Дайан» сынньалаҥ, култуура киинигэр суруйааччы В.Г.Григорьева-Нарыйа Элясова «Өбүгэм омоон суолунан» диэн кинигэтин сүрэхтэниитэ буолан ааста. Дьоро киэһэни иилээн-саҕалаан ыытта Нарыйа Элясова кийиитэ Любовь Николаевна Григорьева.
Истиҥ, иһирэх эйгэҕэ киирэн астынан-дуоһуйан, санаалыын чэпчээн, ɵйдүүн ырааһыран дьэҥкэрбит курдукпун. Кырдьык даҕаны, хайа да киһиэхэ тɵрɵɵбүт алааһа, тɵрүт сирэ-уота, кɵмүс ньээкэ уйата туохтааҕар да күндү, чугас эбээт! Тɵрүт буор тардыыта күүстээх! Ааптар хайдах курдук бэриниилээҕий тɵрɵɵбүт-үɵскээбит алааһыгар, тɵһɵлɵɵх ытыктыырый тɵрɵппүт ийэтин-аҕатын! Ол барыта айымньытыгар эрэ буолбакка, дьиҥ олоххо холобурунан бигэргэтиллэр.
«Өбүгэм омоон суолунан» кинигэ үс түһүмэхтэн турар. Бастакы түһүмэх «Өбүгэм аатыгар сүгүрүйэн» диэн ааттыын дьоһун-мааны, киһини долгутар. Ааптар ийэлээх аҕатыгар сылаас тылынан махтанар, тɵрɵɵбүт түɵлбэтигэр сүгүрүйэр. Бу түһүмэххэ Макы Клевинской удьуордарын туһунан архыып матырыйаалыгар олоҕуран И.С.Иванов ахтыбыта, «Киччэҥ туһунан үһүйээннэр» диэн А.Е.Варламова-Намыына суруйбута, Степан Сметанин «Мукучу нэһилиэгин туһунан», Н.Ф. Егоров «Титирик Сис» үһүйээннэрэ ааҕааччы болҕомтотун тардаллар.
Иккис түһүмэх «Хоһоонунан хоһуйан» диэн ааттаах. Ааптар биллиилээх бэйээттэр Михаил Тимофеев, Иван Егоров хоһооннорун киллэрбитэ уонна тус санаатын бар дьоҥҥо тиэрдибитэ, сүбэ-соргу биэрбитэ кэрэхсэтэр.
«Ийэ дойдуга таптал» түһүмэххэ тɵрɵɵбүт тɵрүт сиригэр, Өлүɵнэ эбэ үрдүгэр турар Киччэҥ бɵһүɵлэк туһунан сылаастык ахтар-саныыр, оччотооҕу сэрии кэмин туһунан дьиҥнээх олохтон суруйар. Нарыйа Элясова — патриот. Кини тус бэйэтин баҕатынан уонна үтүɵ санаалаах дьон кɵмɵлɵһɵн, гранит тааска 26 бэтэрээн испииһэгин суруйтаран Киччэҥҥэ тиийэн туруортарда. Нарыйа сүҥкэн суолталаах үтүɵ дьыаланы оҥорбутун хайҕыыбын, сɵҕɵбүн, киэн туттабын. Бу буолар — Ийэ буорга сүгүрүйүү, ɵбүгэ сырдык аатын кэриэстээһин, киһи үрдүк анала.
«Биһигим ыйаммыт иһирэх ситимэ, үс кутум тардыыта, Саха сирин улуу ɵрүһэ Өлүɵнэ эбэм! Сүгүрүйэбин истиҥ иэйии махталынан! Үйэлэри курдаттаабыт ɵбүгэлэрим ɵтɵхтɵрүгэр кэлэн, ɵйдɵбүнньүк гранит плита туруоран, ааттарын үйэтитэр күүстээх санаа былааһынан, Аар Айылҕалыын куустуһан үɵрэн-кɵтɵн туран махтанабын! Олохпут ситимэ — ɵбүгэ ɵйдɵбүлэ — сүппэтин…» — диэн суруйар Нарыйа. Ааптар ахтыылара, анаарыылара саха баай тылын сүмэтин иҥэриммит буолан киһи сүрэҕин ортотунан киирэр: «Тɵрɵɵбүт уйакам, Өлүɵнэ эбэм, кɵрүстүҥ эн миигин күɵх урсунуҥ дьиримигэр бигэнэн, күн кɵмүс сыламар нуурайан…» Кэрэ да хартыына харахпар тиллэн кэлэр!
Нарыйа Элясова кинигэтин үүнэр сүһүɵх кэнчээри ыччакка кэс тыл кэриэтэ ылынным. Өбүгэни кэриэстээһин, кинилэр үтүɵ ааттарын үйэтитии хас биирдии киһи ытык иэһэ буоларын ɵйдɵɵтүм, эппэр-хааммар сүппэттии иҥэрдим.
Дьоро киэһэни Нарыйа балта Егорова Мария Григорьевна, кийиит Кыыдаана Дмитриевна күүс-кɵмɵ буолан сүүрэн-кɵтɵн тэрийистилэр. Үгүс үтүɵ санаа этилиннэ, алгыс тыл ананна. Кинигэ сүрэхтэниитигэр ааптар хомоҕой хоһооннорун сиэн кыргыттар уус-ураннык аахтылар. Семен Гуляев уонна ырыаһыт Петр Кычкин ылбаҕай ырыаларын бэлэх уунан кэрэхсэттилэр. Нарыйа Элясова уу сахалыы тылынан сэһэргиирэ киһи болҕомтотун тардар, ɵссɵ да истэ олоруох курдуккун. Ааптар кинигэтин нэһилиэк олохтоохторо, ааҕааччылар үɵрэ-кɵтɵ атыыластылар, махтаннылар. Киччэҥҥэ олорбут дьон туһунан хаартыскалары кɵрɵннɵр сэҥээрдилэр. Ааптар уонна кинигэ туһунан истиҥ кэпсэтии, санаа атастаһыыта, ɵйдɵбүнньүк хаартыскаҕа түһүү буолла.
Валентина Григорьевна-Нарыйа, инникитин даҕаны айан-суруйан бар дьоҥҥун үɵрдэ тураргар алгыс бастыҥын аныыбын, уһун олоҕу уонна айымньылаах үлэни баҕарабын. Алгыс баһа сыаланнын!