Литературная Якутия


 
07.07.2023
 

Өксөкүлээх улахан сиэнэ суох буолла

Бэҕэһээ киэһэ, от ыйын 6 күнүгэр, бу орто дойдуттан Өксөкүлээх Өлөксөй улахан сиэнэ, Кулаковскайдар аймах тумус туттар эдьиийдэрэ, Россия уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ, педагогика уонна музей үлэтин ветерана, сырдатааччы Раиса Реасовна Кулаковская биһиги кэккэбититтэн туораата.

 

Раиса Реасовна – эһэтэ Өксөкүлээхтэн саҕаламмыт педагогтар династияларын чаҕылхай салҕааччыта этэ. 1970-1990 сылларга Уус Алдан оскуолаларыгар кини көҕүлээһининэн төрүт үгэһи сөргүтүүгэ, саха тылын сайыннарыыга, литературабыт историятын дириҥэтэн үөрэтиигэ үгүс өрүттээх үлэлэр барбыттара. Суоттуга үлэлиир кэмигэр поэт, уопсастыбаннай деятель С.С.Васильев-Борогонскай үтүө аатын үйэтитиигэ дьоһун кылаатын киллэрбитэ. «Васильев ааҕыыларын», сыл ахсын туттарыллар кини аатынан бириэмийэни үгэскэ кубулутан тыа сирин оскуолатын Россия таһымыгар таһаарары ситиспитэ.

Норуодунай суруйааччы, Социалистыы үлэ геройа Д.К. Сивцев-Суорун Омоллооннуун тэрийсибит «Доҕордоһуу» Өлүөнэтээҕи история уонна архитектура судаарыстыбаннай музейын өр кэмҥэ дьоһуннук салайбыта. Эһэтин кэриэһин толорон, Саха сирэ Россиялыын доҕордоһуутун, Саха сирин омуктарын ситимнэрин сырдатар үлэни киэҥник ыыппыта;туристыы бизнес сайдыытыгар киэҥ үлэни тэнитэн, музей аан дойду таһымыгар тахсыытыгар үгүс сыратын уурбута. Раиса Реасовна салалтатынан үгүс норуоттар икки ардыларынааҕы уонна бутүн Россиятааҕы түһүлгэлэр «Доҕордоһуу» музей сиригэр ыытыллыбыттара: «Олоҥхо сиригэр аан дойду култуурата» фестиваль, ЮНЕСКО генеральнай сэкирэтээрэ Коитиро Мацуураны, Франция Россияҕа посола Жан Кадэны уо.д.а. ыалдыттааһыннарын, Россия Суруйааччыларын сойууһун көс пленумун кыттыылаахтарын көрсүү тэриллибитэ. Саха сирин культуратын уонна историятын дириҥник билээччи быһыытынан араас таһымнаах конференцияларга, семинардарга, куурустарга үгүстүк кыттара, дириҥ ис хоһоонноох дакылааттары, лекциялары ааҕара.

Раиса Реасовна сахаайар интеллигенциятын кытта бигэ ситими тутара, эһэтин саха суругунан литературатын төрүттээбит поэт, саха духуобунай лидерэ Өксөкүлээх Өлөксөй, аҕатын ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Реас Кулаковскай, аҕа доҕорун норуот суруйааччыта, сырдатааччы Суорун Омоллоон сырдык ааттарын үйэтитиигэ үгүс үлэни ыытара. Меценат быһыытынан араас өрүттээх көмөнү үөрэх тэрилтэлэригэр, устудьуоннарга, культура тэрилтэлэригэр оҥороро. Кини Өксөкүлээх улахан сиэнин ындыытын үйэтин тухары дьоһуннук сүкпүтэ, көлүөнэ чаҕылхай ситимэ, саха норуотун сырдатааччы этэ.

Саха литературатын историятын тыыннаах сорҕото буолбут,саха суруйааччыларын улахан доҕордоро, эдьиийдээтэр эдьиийбит, дьоһун-мааны Раиса Реасовна Кулаковская бу орто дойдуттан суох буолбутунан дьиэ кэргэнигэр, бары Кулаковскайдар аймахха, саха норуотугар дириҥ кутурҕаммытын тиэрдэбит.

Күндү киһибит быраман дьылларга быраһаай!

Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа уонна «Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ