Борис Павлов-Кэм Василий Белов аатынан бириэмийэ лауреатынан буолла
Суруналыыс, бэйиэт, суруйааччы Борис Павлов-Кэм Арассыыйа суруйааччыта уонна уопсастыбаннай диэйэтэлэ Василий Белов аатынан Бүтүн Арассыыйатааҕы бириэмийэ лауреата буолбутун туһунан үөрүүлээх сонун кэллэ.
Ол курдук, Борис Иванович Павлов-Кэм Суруйааччылар интернациональнай сойуустарын бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Г.Н.Березина, бэрэссэдээтэли солбуйааччы Е.С.Наливина илии баттааһыннаах дипломунан наҕараадаланна.
Үгүс ааҕааччы сүргэтин көтөҕөр айымньылардаах айанньыт-суруйааччы, «Көмүөл» кинигэ кыһатын салайааччыта, «Кэм» сурунаал эрэдээктэрэ Борис Павлов-Кэм айар үлэтин литератураны таптааччылар кэтээн көрбүттэрэ, соһуйа уонна сэргии ылыммыттара быданнаата.
Бу кэнники кэмҥэ нууччалыы тылбаастаммыт «Не предать время свое» кинигэтэ 5000 ахсаанынан Арассыыйа куораттарыгар тарҕанна уонна «Литресскэ» бэчээттэннэ. Кинигэҕэ ааптар араас сылларга суруйбут кэпсээннэрэ уонна «Кэмҥин түһэн биэримэ» сэһэнэ киллэриллибиттэр. Кинигэни Аита Шапошникова, Алексей Амбросьев-Сиэн Мунду уонна Семен Феоктистов-Сэргэх Сэмэй тылбаастаабыттар.
Бу улахан бириэмийэни ылбытын туһунан ааптар бэйэтэ: «Мин бириэмийэм — «Кэмҥин түһэн биэримэ» диэн. Бэйэ аатын-суолун туһугар диэн буолбакка, ааспыт кэмим, көлүөнэм, эрэммит эрэлбит, ыра санаабыт, доҕордоспут доҕотторум, охсуспут охсуһуубут… Көлүөнэм дьонун, олохпут кырдьыгын үйэтитии уонна көмүскээһин. Ол иһин, бу Москубаҕа тиийэ ааттаммытым миэхэ олус күндү…», — диэн үөрүүтүн үллэһиннэ.