Литературная Якутия


 
02.06.2023
 
Надежда Егорова

Бүгүн Николай Чуор төрөөбүтэ 88 сылын туолар

Бүгүн, бэс ыйын 2 күнүгэр, бэйиэт, суруйааччы, уопсастыбаннай диэйэтэл Николай Харитонов-Николай Чуор төрөөбүт күнэ. Кини 1935 сыллаахха бэс ыйын 2 күнүгэр Ньурба улууһун Куочай сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Алта саастааҕар төгүрүк тулаайах хаалан, 1943-1950 сылларга Араҥастаахха Оҕо дьиэтигэр иитиллибитэ.

Николай Чуор бэйиэт, суруйааччы, публицист, суруналыыс, саха литературатын уонна ускуустубатын актыыбынай пропагандиһын быһыытынан киэҥник биллэр. Кини хомоҕой тыллаах хоһоонноругар 100-тэн тахса ырыа айыллан күн бүгүҥҥэ диэри ыллана сылдьар.

КОЛЯ ХАРИТОНОВ – АМУРГА

«Биһиги, Сунтаар уонна Ньурба оҕолоро, уон түөрт буоламмыт Благовещенск-на-Амуре куоракка М.И.Калинин аатынан педагогическай институкка 1953-1959 сс. үөрэнэн, учуутал идэтин ылбыппыт.

Кинилэртэн үгүстэрэ иккис кууруска үөрэнэр сылларыгар Оҕо дьиэтин иитиллээччитэ, бэрт сытыы-хотуу, чобуо тыллаах-өстөөх Коля Харитонов кэлбитин тоҕо эрэ олус чуолкайдык өйдүүбүт.

Кини киһи кэпсээн-ипсээн, үтүөкэн, сайаҕас майгылаах уол барыбытын кытары билсэ охсубута, сөбүлэппитэ. Киирии эксээмэннэри ситиһиилээхтик туттаран, биолого-географическай факультет устудьуона буолбута.

Бастакы куурустан чэпчэки атлетика уонна туризм сиэксийэлэригэр дьарыктанан, ордук сүүрүүгэ, куоракка ыытыллар араас таһымнаах куоталаһыыларга ситиһиилээхтик кыттара.

Сиэксийэҕэ дьарыктаммыппыт түмүгүнэн кинини уонна миигин педагогическай институт туризмҥа хамаандатын састаабыгар киллэрбиттэрэ. Хамаанда уон икки чилиэннээҕэ уонна ыраах походтарга биир быраас киллэриллэрэ. Хамаанда, каникуллар күннэрин туһанан, бастакы уонна иккис категориялаах хайыһар походтарын Амурскай уобалас сиригэр-уотугар оҥортуура. Амурскай уобалас Саха сиринээҕэр төһө да ичигэһин иһин чыбдах таҥастаах устудьуон оҕолорго түүн сүрдээх сөрүүн буолара. Отунан-маһынан хахха оҥосто түһэн баран, кутаа оттон хонорбут. Сири-дойдуну көрөр-билэр баҕабыт уонна эдэр-эрчим сааспыт баһыйан, былааннаммыт маршруту толорон төннөрбүт. Ити сырыыларга Коля Харитонов хайыһарынан үчүгэйдик сылдьарын, сылайбат сындааһыннаах айанньытын көрдөрбүтэ. Географ киһи быһыытынан, суол-иис суох сиринэн барар маршруту оҥорууга хамаанда капитана Вася Голубь бастакы көмөлөһөөччүтүнэн буолара.

Биһиги хамаандабыт үлэтин үтүө түмүктэрин бэлиэтээһин бэрээдэгинэн, 1955 с. сайын Илин Сибиирдээҕи уонна Уһук Илин туристарын сүлүөттэригэр кыттар чиэс тиксибитэ. Сүлүөт Байкал күөл кытыытыгар Ушканье диэн хотоолго ыытыллара быһаарыллыбыта. Хас биирдии хамаанда сүлүөт иннигэр саамай кытаанах ирдэбиллээх 3 категориялаах туристическай походу оҥоруохтааҕа.

Биһиэхэ, «Амурчаннарга» (хамаандабыт аата), 330 км уһуннаах маршрут Байкал хоту баһыгар баар Баргузин өрүс төрдүттэн саҕаланан, Давша бөһүөлэккэ түмүктэниэхтээҕэ.

Доҕорум Коля биһикки сахалартан икки буолан уон үс киһилээх ити хамаандаҕа киирсэн, поход маршрутун сыалын-соругун толорон, сүлүөккэ ситиһиилээхтик кыттыбыппыт. Аатырбыт-сураҕырбыт Байкал күөлү хотуттан соҕуруу өттүгэр үрүксээк сүгэһэрдээх сатыы сыыйан, «Улуу Байҕал» барахсан үтүө-мааны айылҕатын, дьиктитин-кэрэтин көрдүбүт ини, көрбөтүбүт ини. Кэпсиир буоллар, бэйэтэ туспа сэһэн буолуо этэ.

Коля айаннаан иһэн эмискэ: «Миша, дьоммутуттан хаала түһэн, сахалыы «баллыгыраһа» түһүөх эрэ», — диирэ. Кини эппитин курдук, уопсай колоннаттан хаалан, дойдубут уонна Улуу күөл умнуллубат кэрэтин туһунан төрөөбүт төрүт тылбытынан сэһэргэһэн, кырдьык даҕаны, дууһабыт дуоһуйара. Кини итинник түгэн наадатын литератураҕа тардыылаах, сыһыаннаах буолан, урутунан өйдөөбүт буолуохтаах дии саныыбын.

Ити уһун айаҥҥа Коля улахан ууһут киһитин билбитим. Ол курдук, Байкал күөл обургу соҕус Чиверкульскай хомотугар кэлбиппит. Онно көрдөххө быһа, куолайынан туораатахха, биир биэрэстэ кураҥнаах кэтит этэ. Оттон сатыы эргийэ барыыта быдан күн аҥаардаах хаамыы буолуохтааҕа. Хамаанда хапытаана халампааһынан хомо уҥуоргу өттүгэр болуот сытарын көрөөт, ону туоратыам диэн ууга ыстанар уонна миэтэрэ тоҕус уон сантиметр үрдүк уҥуохтаах, сүрдээх атлетическай көрүҥнээх уол ууга харбааһын араас стиллэрин туттан устан ундьулута турда. Онтон, ким эппитэ баарай, сэргэстэһэ турбут мин Колям: «Мин эмиэ харбаан туораһабын!» — диэн улаханнык соһутта. Ону мин киһибэр: «Доҕоор, хомо Байкалы кытта олох силлиһэ сытар. Онон, уута тымныыта бэрт буолуо, иҥиириҥ тардыан сөп. Иккиһинэн, ырааҕа бэрт, сылайан хаалыаҥ, быстарыаҥ, барыма!» — диэн көрдүм да, киһим ууга биирдэ «бар» гынан хаалла уонна, сахалар этэллэринэн, «ыттыы» харбаан, хара баттахтаах төбөтө лэкээриҥнээн, киһим уста турда. Уоскутара диэн, сөп буола-буола тиэрэ түһэн, уу үрдүгэр сынньанан ылар эбит.

Уолаттарбыт ити үлүгэрдээх сири харбаан туорааннар, болуоту биһиэхэ туораппыттара. Мин, ууһута суох киһи, куттанан турарбын билбитэ быһыылааҕа. «Барыта үчүгэй, Миша!» — диэн Коля миигин уоскуппута. Ити кэнниттэн мин Коляны ууһутун таһынан сүрдээх хорсун санаалаах киһинэн киэн тута, астына саныырым, ахтарым.

Николай устудьуоннуур да сылларыгар айар куттааҕа биллэр этэ. Холобур, оччолорго биһиги Сергей Есенин туһунан билбэт да эрдэхпитинэ, кини хоһооннорун өйүттэн ааҕыталыыра, араас суруйааччылар айымньыларыттан кэпсээн «кутар-симэр» буолара. Оннооҕор биир кыһын Амур өрүскэ күүстээх тыал бөҕө түһэн, хаары ытыйа турдаҕына: «Дьэ, ноколоор, мин айар илбиһим киирдэ быһыылаах», — диэн баран, хайыһарын кэтээт, өрүскэ ыстаммыта. Ол киирэн тыалга-хаарга мунан, Кытайы кытары быысаһар кыраныыссаҕа тардыллыбыт сытыы боруобаттаах баҕаналары батыһа сылдьарын пограничниктар тутан ыланнар, үс хонук ыйытыкка сырытыннаран күлүү бөҕө буолбуттаахпыт. Онон туһанан, биһиги Коляны: «Чэ-чэ, доҕор, эн курдук Кытайга тахса сатыыр киһи суох», — диэн дьээбэлэнэрбит. Ол эрэн, ити да түбэлтэ Коля биһигиттэн олох атын, «умайа» сылдьар ис дууһалааҕын көрдөрөр дии саныыбын. Ол да иһин, кини үгүс элбэх норуокка сөбүлэтэр ырыалардаах лиирик-бэйиэт буоллаҕа, суруналыыс-публицист быһыытынан үгүс сытыы, олоҕу дириҥник көрдөрөр ыстатыйалар ааптардара аатырдаҕа.

Биһиги Ньукулайбыт псевдонимын туһунан эттэххэ: сорох айар дьон псевдонимнара, норуот ааттыырын курдук, улгумнук иҥэ охсубат буоллаҕына, «Николай Чуор» диэни ааҕааччы тутатына ылына охсон, сүрэҕинэн сөбүлээн, дууһатынан ылынан, оччоттон баччаҕа диэри истиҥник ааттыы сылдьарын истиэххэ сүрдээх үчүгэй.»

Михаил Иванович Егоров,
1983-1992 сс. Саха АССР үөрэҕин миниистирин бастакы солбуйааччы,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсиэдьиэнин уонна бырабыыталыстыбатын дьыалаларын дьаһайар управлениетын салайааччытын сүбэһитэ
(«Олох умсулҕана» кинигэттэн, 2010 сыл)

БЫҺААРЫЫ

Харитонов Николай Иванович-Николай Чуор (1935-2010 сс.)
 

Бэйиэт, публицист, суруйааччы, суруналыыс, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэҕэриитин уонна култууратын туйгуна, Сунтаар уонна Ньурба улуустарын бочуоттаах гражданина, РФ уонна СӨ Суруналыыстарын сойуустарын бириэмийэтин лауреата, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына, тыыл, үлэ уонна ыччат хамсааһынын бэтэрээнэ.

Источник: «Саха сирэ»