Литературная Якутия


 
14.09.2022
 

Суорун Омоллоон 116 сыла: Ытык киһибит кэс тыла

Бүгүн, балаҕан ыйын 14 күнүгэр, саха тыллаах эрэ барыта ытыктыыр улуу киһибит, духуобунай лиидэр, биллиилээх драматург, прозаик, поэт, саха норуодунай суруйааччыта Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 116 сыла туолар. Суорун Омоллоон маны таһынан аһаҕас халлаан анныгар хас даҕаны түмэли төрүттээбит киһинэн буолар.

Ытык киһибит кэс тыла

Дмитрий Кононович оҕолорго дьикти үчүгэй сыһыаннааҕа. Кини оҕолорго аналлаах элбэххэ үөрэтэр-такайар айымньылардаах: «Чүөчээски», «Чөөчө», «Хараҥаҕа тыкпыт сырдык», «Ачаа саһаана», «Бэйэтэ эмтиэкэ» уо.д.а. кэпсээннэрин сөбүлээн ааҕабыт.

Суорун Омоллоон үөрэнээччилэри кытары көрсүһүүтүттэн видеоны манна көрүҥ:

 
 
1975 с. «Хотугу сулус» сурунаал 8 нүөмэригэр бэчээттэммит Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон олоҕун олуктарын ахтыыга тиһэн хаалларбытын бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ: https://keskil14.ru/bala-an-yjyn-14-k-n-ger-uluu-ki-ibit-dmitrij-kononovich-sivtsev-suorun-omolloon-t-r-b-te-115-syla/

Источник: keskil14.ru