Суруйааччылар мэтириэттэрин быыстапката аһылынна
Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа тэриллибитэ 90 сылын бэлиэтиир. Үбүлүөйдээх тэрээһиннэр сэтинньи 27 күнүгэр сарсыардаттан Афанасий Осипов галереятыгар «Суруйааччылар мөссүөннэрэ» диэн быыстапкаттан саҕаланна.
Быыстапкаҕа сүрүннээн норуодунай худуоһунньук Афанасий Осипов уруһуйдаабыт суруйааччыларын мэтириэттэрэ уонна график худуоһунньуктар Валериан Васильев, Эллэй Сивцев үлэлэрэ турбуттар. Үөрүүлээх аһыллыыга мустубут суруйааччылар Афанасий Николаевич классик суруйааччылары кытта доҕордоспутун, кинилэр мэтириэттэрин сыал-сорук оҥостон уруһуйдаабытын туһунан эттилэр.
Култуура, духуобунай сайдыы миниистирин солбуйааччы Марина Силина эһиил саха литературата төрүттэммитэ 125 сылын туоларыгар бэлэмнэнии чэрчитинэн, сойуус үбүлүөйэ бэлиэ түгэнтэн саҕаламмытын бэлиэтээтэ.
Национальнай художественнай түмэл дириэктэрэ Влада Тимофеева Саха сирин дьиҥ баайа — талааннаах норуота диэн эттэ. Саха сиригэр үөскээбит ускуустуба көрүҥнэриттэн литература бастакынан төрүттэммитэ. Онон «бастаан Тыл баара» диэн этии оруннаах. Ол кэнниттэн худуоһунньуктар, муусукааннар, уо.д.а. айар сойуустара тэриллибиттэрэ. Ааспыт үйэ 60-с сылларыгар саха графикатыгар балысхан сайдыы барбыта билигин саха киинэтин сайдыытыгар тэҥнээх этэ. График-худуоһунньуктар саха суруйааччыларын мэтириэттэрин эмиэ оҥорбуттара. Холобур, Эллэй Сивцев Алампа Дуунньатын кытта мэтириэттэрин уруһуйдаабыта кэрэхсэтэр.
Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун салайааччы Гаврил Андросов Афанасий Осипов саха суруйааччыларын чугас доҕордоро этэ диэн эттэ:
— Үбүлүөйдээх тэрээһиммит маннык быыстапкаттан саҕаламмытыттан ордук үөрэбит. Икки кырдьаҕас айар сойуустар доҕордоһуубут, бииргэ үлэлэһиибит салҕанар. Холобур, бу соторутааҕыта Былатыан Ойуунускай кинигэтэ татаардыы тылынан тылбаастанан таҕыста. Ойуулара худуоһунньук Иннокентий Корякин хартыыналарынан таҥыллыбыта.
Норуодунай бэйиэт Наталья Харлампьева Афанасий Осипов мэтириэттэрэ киһи ис дьиҥин көрдөрөллөр диэн эттэ. Киһи майгытын, туттарын-хаптарын, таҥаһын-сабын, бэл, санаатын-оноотун табан ойуулуурун бэлиэтээтэ. Ол иһин мэтириэттэр тыыннаах курдуктар. Классик суруйааччылар үгүстэрин мэтириэттэрин оҥорбута. «Мин мэтириэппин уруһуйдууругар олус куйаас күннэр этилэр, түбүк элбэҕэ, икки-үс күн олорон биэрэбин ыарырҕаппытым. Хаартыскаларбын биэрэ сатаабытым да, ону көрө барбатаҕа. Үлэ бүппүтүн кэннэ, чиэһинэйдик эттэхпинэ, дьахтар хараҕынан көрөн, сөбүлээбэтэҕим эрээри, билигин көрдөхпүнэ, дьиҥ бэйэбин өтө көрөн уруһуйдаабыт эбит», — диэн Наталья Ивановна кэпсээтэ.