Литературная Якутия


 
07.09.2024
 
Надежда Егорова

«Тобуруокап көмүс күһүнэ». Тута хоһуйуу кыайыылааҕа – Харыйалаах Уола

Балаҕан ыйын 6-7 күннэригэр Үөһээ Бүлүү улууһун Нам сэлиэнньэтигэр «Тобуруокап көмүс күһүнэ» VIII өрөспүүбүлүкэтээҕи айар куттаах хоһоонньуттар көҥүл түһүлгэлэрэ түстэннэ.

 

Саха норуодунай бэйиэтэ Петр Николаевич Тобуруокап түмэл-уһаайбатыгар «Түөрт устуруока» хоһоону тута хоһуйуу күрэҕэр кыайыылаах үрдүк аатын Николай Васильев-Харыйалаах Уола ылла.

«Күрэххэ олус уустук уонна ыарахан ис хоһоонноох «Сэрии» диэн тиэмэни 4 устуруоканан хоһуйарга сорудахтаатылар.

Бэриллибит тиэмэҕэ 51 хоһоонньут 4 устуруокалаах хоһоону 20 мүнүүтэ иһигэр айан таһаарда.

Дьүүллүүр сүбэ сыаналыыр үлэтин түмүгэр кыайыылааҕынан Кэнтик нэһилиэгиттэн төрүттээх хоһоонньут Николай Васильев-Харыйалаах Уола кыайда.

Кыайыылаах 4 устуруока иһигэр сэрии иэдээнин, алдьархайын тиэрдибит сытыы тыллаах хоһооно дьон-сэргэ биһирэбилин ылла.

 
«Ийэ сирим иэнигэр
Билигин даҕаны сэтэриир
Икки атах иэдээнэ
Хара дьайдаах ыар сэрии».
 

Харыйалаах Уолун кыайыыгынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Айар кутун өссө үрдүк кырдаллары дайдын, ситиһиилээх буоллун!» – диэн Үөһээ Бүлүү дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

 

Источник: «Саха сирэ»